top of page

Программа

"Миигин кытта туой-ыллаа"

Запишись!

   Норуот айымньыта оҕону,ыччаты иитиигэ – үөрэтиигэ дьайар күүһэ улахан. Фольклор жанрдарын нөҥүө төрөөбүт тылын муҥура биллибэт барҕа баайын кытта билсэр,өй санаа өттүнэн ситэн олоххо бэйэтин булунарыгар тирэх буолар.
    Саха ыччата кыра сааһыттан норуот фольклорун этигэр хааныгар иҥэрэн толору куттаах сүрдээх ,саха норуотунсалгыыр,урааҥхай омугу ууһатар киһи буолан тахсыахтаах.
DSC_1266.JPG
Эбии үөрэхтээһин педагога:  Афанасьева Мария Павловна
Наше Расписание
Программа 6 чааска  аналлаах ,оскуола саастаах ханнык баҕара оҕо дьарыктаныан сөп.
СОДЕРЖАНИЕ ПРОГРАММЫ
 
1-кы дьарык: Тойук – саха ырыата.Тыыныыга эрчиллиилэр.Артикуляция5а эрчиллиилэр.Тойугу кылыһах киэргэтэр.Кылыһахха эрчиллиилэр.
2-с дьарык :Тойук араастара.Тыыныыга,кылыһахха,артикуляция5а эрчиллии. Тойук үөрэтии.Сергей Зверев «Саас кэлиитэ».
3-с дьарык:Тойугу үөрэтии
4-с дьарык  Норуот ырыата диэн тугун быһаарыы.Сахалыы ыллааһын уратылара.Тыыныыга эрчиллии.
5-с дьарык  Норуот ырыата “ Оҕо – оҕо эрдэххэ.” Ис хоһоонун, тылларын быһаарыы.Күппүлүөттэринэн үөрэтии.
6-с дьарык  Норуот ырыата” Саргылардаах сахабыт”. Ис хоһоонун,тылларын быһаарыы.Күппүлүөттэринэн үөрэтии.
G2erPUe7eT.jpg
IMG-20200220-WA0042.jpg
ЦЕЛИ ПРОГРАММЫ
Оҕоҕо норуот тылынан уус – уран айымньытын билиһиннэрии,толорорго үөрэтии,сатабыл таһымыгар тиэрдии.
Сахабыт тылын сүмэтин,барҕа баайын,дьэрэкээнин,дэгэтин,дэгэрэҥин өйдүүргэ үөрэтии,ону туһанан тус бэйэтин олоҕор туттарыгар үөрэтии.
РЕЗУЛЬТАТ ПРОГРАММЫ
1.Оҕо дьиҥ ис сүрэҕиттэн баҕаран куруһуокка суруйтарыахтаах
2.Үөрэтиллэр тойуктар,ырыалар өйдөнүмтүө,үтүктэргэ чэпчэки буолуохтаахтар
3.О5о өйдөөбөт түгэнин ыйыттаҕына үчүгэйдик быһааран биэриллиэхтээх
4.Оҕо туохха үөрэммитин видеоҕа  устан салайаачыга ыытыахтаах
ОСОБЫЕ УСЛОВИЯ ПРОВЕДЕНИЯ
Үөрэтии дистанционно ватсаап грцппа нөҥүө ыытыллар. Ким баҕалаах суруйтарыан сөп.
МАТЕРИАЛЬНО-ТЕХНИЧЕСКАЯ БАЗА
1.Саха инструменнара: хомус ,дьа5а ,сиксиир
2. Видеосибээс
bottom of page